Кому за...
36
1 комментарий

Сүбэ: Шашлыгы хайдах сөпкө буһарабыт?

Сүбэ: Шашлыгы хайдах сөпкө буһарабыт?
Людмила Попова
4 мая 2024

Уһун кыһынтан, дьиэҕэ олорортон хал буолбут Саха сирин олохтоохторо ыам ыйыгар айылҕаҕа талаһабыт, аймахтар, доҕоттор мустан шашлык буһарабыт. Шашлыгы хайдах сөпкө буһарыллыахтаах эбитий?

Объясняем.РФ саайт шашлыгы сөпкө буһарарга тэттик сүбэни суруйбут. Эти аһаҕас кутааҕа ыһаарылыырга искэҥ ыарыыны көбүтэр канцероген үөскээһинэ саамай буортулаах диэн ыйар.

— Эти аһаҕас уокка ыһаарылаамаҥ. Элбэх буортулаах эттик кутаа буруотугар баар буолар. Онон уота бүппүтүн кэннэ, чох сылааһыгар буһарыллыахтааҕын ыйаллар.

— Туруору мангалы (вертикальный) туһаныҥ. Оччотугар шампурдар ойоҕоһугар тураллар, оттон буруота үөһэ тахсан шашлыкка иҥпэт.

— Эти чоххо олус уһуннук тутумаҥ. Саһарчы буспут бүрүөһүҥҥэ (корочка) күүстээх канцерогеннар – гетероциклическай уонна ньиэрбэ систиэмэтигэр, быарга куһаҕаннык дьайар акрил-амид баар буолар.

— Сыата суох эти талыҥ: ынах этэ, куурусса. Тоҕо диэтэххэ, сыа куталлаах эттиги бэйэтигэр күүскэ иҥэринэр эбит.

— Шашлыгы кытта оҕуруот аһын сииргэ сүбэлииллэр. Оҕуруот аһа канцероген дьайыытыттан харыстыыр антиоксиданнардаах.

— Доруобуйаҕа буортуну оҥорбот туһугар шашлыгы хас да ыйга, нэдиэлэҕэ биирдэ сиэҥ.

1 комментарий. Оставить новый

Для отправки комментария вам необходимо авторизоваться.
Другие обсуждения