Кому за...
20
0

Суут үлэһиттэригэр туһаайан: Ермолов курдуктар най барыылара аны хатыланыа суохтаах!

Суут үлэһиттэригэр туһаайан: Ермолов курдуктар най барыылара аны хатыланыа суохтаах!

Саха сирин олохтоохторо икки сылы быһа манаан сылайбыт холуобунай дьыалаларыгар «бүтэһиктээх туочука» дьэ турар чинчилэннэ. Ыам ыйын 6 күнүгэр, судьуйа Посельскай бэрэссэдээтэллээх СӨ Үрдүкү суутун кэллиэгийэтэ, Анатолий Чомчоевы быһаҕынан анньан өлөрө сатаабыт Дмитрий Ермолов ааһынар үҥсүүтүн саҥа састаабынан хаттаан көрөн, кэмниэ-кэнэҕэс сиэрдээх быһаарыыны таһаарда.

Ол курдук, судьуйалар Дьокуускай куорат суутун 2023 сыл атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи «Бирэдимиэти өлөрөр сэп быһыытынан туттан киһи доруобуйатыгар соруйан ыар эчэйиини оҥоруу» иһин буруйданааччы Дмитрий Ермоловы 3 сылга уопсай режимнээх холуонньаҕа хаайар туһунан бириигэбэрин уларытыыта суох оннунан хааллардылар. Онон, көмүскэнээччигэ кубулуйан көҥүл көччүйэ сылдьыбыт эрэти суут саалатыттан тутан төттөрү хаайдылар.

Силиэстийэ уонна бастакы суут түмүгэр эргиллэн

2022 сыл ыам ыйын 12-с түүнүгэр киһи тыыныгар тура сатааһыннаах иэдээннээх быһылааҥҥа силиэстийэ, саарбахтардаах, харгыстардаах да буоллар, биир сылтан ордук кэм устата ыытыллан түмүктэнэн, бастакы инстанциялаах суукка барбыта. Түүннэри итирик туруктаах ыал учаастагар киирэн, кырдьаҕас киһини кырбаан, ытыалаан, быһаҕынан анньан өлөрө сыспыт 39 саастаах Дмитрий Ермолов хара бастааҥҥыттан буруйун билиммэтэҕэ, эгэ, эчэппит киһититтэн «бырастыы гын» диэн көрдөһүө дуо…

Кырдьыга да, Росгвардия массыыната, үлэһитэ кыттыгастаах дьыаланы толору арыйыы уустук буолуо диэн дьаарханыы уопсастыбаҕа бастааҥҥыттан баара. Ол да иһин быһылаан буолбут сиригэр силиэстийэ хойутаан саҕаламмыта, холуобунай дьыала ыстатыйата хаста да уларыйбыта, өр кэмҥэ хамсаабакка уонна «путбуоллана» турбута, бытааннык барбыта, киһини өлөрө сатаабыт буруйданааччы көҥүлгэ сылдьыбыта. Бэл диэтэр, Анатолий Игнатьевич хаан билик буолбут массыынатын икки ыйы быһа чинчийбэтэхтэрэ.

Онуоха, норуот дьокутааттара Елена Голомарева уонна Мария Христофорова Чомчоевы өлөрөргө холонууну чэпчэки ыстатыйанан буруйдааһын сыыһа диэн туруорсубуттара. Кинилэр кыттыспатахтара буоллар, дьыала букатын сабыллан да хаалар туруктааҕа. Ол туһунан суруналыыс Владимир Степанов «Чомчоев дьыалатын “путбуоллаан” бүтэллэр ини?» диэн ыстатыйатыгар суруйбута. Онно дьокутааттар суруктарыгар «2022 бэс ыйын 16 күнүгэр СӨ ИДьМын миниистирин э.т. В.А. Климов ыыппыт харда суруга ахтыллар. Кини ыам ыйын 12 күнүгэр РФ ХК 111 ыстатыйатын 2-с чааһынан көбүтүллүбүт “Умышленное причинение тяжкого вреда здоровью, опасного для жизни человека, совершенного с применением предмета используемого в качестве оружия” диэн 12201980069000 №-дээх холуобунай дьыала 2022 с. бэс ыйын 25 күнүгэр буруйдааһына “Покушение на убийство, то есть умышленные действия лица, непосредственно направленные на совершение преступления – умышленное причинение смерти другому человеку, если при этом преступление не было доведено до конца по не зависящим от этого лица обстоятельствам” диэн уларытыллан, РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин СӨ силиэстийэлиир управлениетыгар салгыы силиэстийэҕэ ыытылынна диэн суруйбут этэ.

Климов ыйбыт ыстатыйата буруйданааччы Ермолов оҥорбут дьайыыларыгар 100% сөп түбэһэрэ да, кини тиһэҕэр син биир чэпчэки ыстатыйанан буруйданан баара-суоҕа үс сылга уопсай режимнээх холуонньаҕа барар буолбута.

Саба түһээччини көмүскэнээччигэ кубулутуу хайдах этэй?

Бар дьон Дьокуускай куорат суутун бириигэбэрин, «аҕыйах сылы биэрбиттэр» диэн мыыннар даҕаны, уруйдуу-айхаллыы көрсүбүтэ. Чомчоевтар, кырдьыктарын булбут курдук сананан, кылгас кэмҥэ өрө тыыммыттара. Оттон бистэлиэттээх уонна быһахтаах саба түһээччи, адьас чэпчэки ыстатыйанан сууттанан баран сөп буолбакка, көмүскэнээччи «тириитин кэтэргэ» санаммыта. Онон, СӨ Үрдүкү суутугар ааһынар үҥсүү түһэрэн, албакаатын сүбэтинэн араас албаһы туһанан, аҕыйах ый олороот, көҥүлгэ тахсыбыта.

Ол эбэтэр, алтынньы 17 күнүгэр судьуйа Окороков бэрэссэдээтэллээх кэллиэгийэ Дьокуускай куорат суутун Дмитрий Ермолов буруйдаммыт Холуобунай кодекс 111 ыстатыйатын 2 чааһын З пуунунан «Бирэдимиэти өлөрөр сэп быһыытынан туттан киһи доруобуйатыгар соруйан ыар эчэйиини оҥоруу» ыстатыйатын «Бэйэни көмүскэниигэ эбэтэр буруйу оҥорбут киһини тохтотууга муҥутуур кээмэйи кэһэн, доруобайаҕа орто эбэтэр ыар эчэйиини оҥоруу» диэн 114 ыстатыйаҕа уларытан, баара-суоҕа 11 ыйга көннөрөр үлэҕэ ыытарга, хамнаһын 10%-нын судаарыстыба туһатыгар тутарга быһаарбыта.

Бу суукка Анатолий Игнатьевич, балыыһаттан саҥа тахсыбыт буолан сылдьыбатаҕа, дьыала тэриллиэҕиттэн бэрэстэбиитэлинэн анаммыт төрөппүт уолун Игнаты судьуйа «эн туоһугун, онон бу суукка сылдьыа суохтааххын» диэн саалаттан тахсарыгар модьуйбута. Саатар, албакааттара Е.Т. Дягилев, атын сууттаах буолан, кыайан кэлбэтэҕэ.

Онон, ити суукка аҥаардастыы Ермолов албакаата Осодоев эрэ күннээбитэ. Кини куорат суута, буруйданааччы көрдөрүүтүн аахсыбакка, аҥаардастыы эмсэҕэлээччи эрэ көрдөрүүтүгэр олоҕуран сыыһа бириигэбэр таһаарбытын хаста да хатылаан эппитэ. Ону ааһан, атыны тугу да этэрэ суох буолан, Чомчоев ойоҕун саатын көҥүлэ суох ылан бастакынан ыппытын, Ермоловы ыараханнык эчэтэн, бааһырдан баран өлөр өлүүгэ бырахпытын, суһал көмөнү ыҥырар оннугар массыынатынан куоракка куоппутун, киһини ыппытын кистээбитин, буруйун саптаары видео уһулбутун уонна да атыны дойҕохтообута. Өссө Анатолий Игнатьевичка бэйэтигэр холуобунай дьыала тэрийтэрэн эрэрин туһунан үөрэ-көтө кэпсээбитэ.

Борокуруор утарбытын үрдүнэн, судьуйа Окороков бэрэссэдээтэллээх кэллиэгийэ быһаарыыны Ермолов туһатыгар оҥорон таһаарбыта. Судьуйа модьуйуутунан буруйданааччыны суһаллык суут саалатыгар босхолоон үөрдэ-көтүтэ ойоҕун кытта көҥүлгэ «көтүппүттэрэ». Албакаат Осодоев нуучча тыллаах хаһыаттарга Чомчоев бэйэтэ буруйдааҕын кэпсээн «албан ааттамыта, суон сурахтаммыта». Мантан сиэттэрэн, дьоҥҥо «Үрдүк суут түмүгэ, сокуонтан буолбакка, судьуйа киһи быһыытынан хайдаҕыттан тутулуктаах эбит дуо?» диэн ыйытыы үөскээбитэ.

Оттон Ермолов дьайыыларыттан бары өттүнэн улахан охсууну ылбыт Анатолий Игнатьевич уонна кини дьиэ кэргэнэ, утуйар уулара көтөн, санаалара алдьанан, эмиэ кырдьыгы булуу, албакаат наймылаһыы кыһалҕатыгар түспүттэрэ.

Арай, СӨ Үрдүкү суутун кэллиэгийэтэ бириигэбэри уларыппатаҕа, саба түһээччини көмүскэнээччи оҥорон көҥүлгэ ыыппатаҕа буоллар, Чомчоевтар төһөлөөх сэниэни, бириэмэни, үбү-харчыны харыстыа, элбэх үлэни оҥоруо этилэрий? Кыһыыта диэн, оҥоһуллубут хоромньуну буруйданааччы да, сыыһа быһаарыыны таһаарбыт судьуйа да билигин толуйбат буоллахтара.

Кырдьыгы буларга көмөлөспүт албакааттар кимнээхтэрий?

Сыыһата көстөн турар быһаарыыны Владивосток куоракка баар Уопсай юрисдикциялаах 9 -с кассациялыыр суукка көтүртэрэргэ күүстээх албакааттар Николай Кысылбаев уонна Аскар Жунусов туруммуттара.

Саха сирин ис дьыалатын уорганнарыгар сүүрбэттэн тахса сыл үтүө суобастаахтык сулууспалаабыт полиция подполковнига Николай Иннокентьевич силиэстийэ матырыйаалларын сыныйан үөрэтэн буруйданааччы адьас сымыйа көрдөрүүлэри биэрбитин, кини дьайыыларын көмүскэнии быһыытынан сыаналыырга туох да төрүөт суоҕун олоччу дакаастаабыта. Оттон сүүрбэ сыл кэриҥэ прокуратура уорганнарыгар силиэдэбэтэлинэн уонна салайааччынан үлэлээбит Аскар Жилкибаевич, холуобунай дьыала матырыйаалларыгар баар сүрүн дакаастабыллары арыйан, сыыһа бириигэбэр тахсыбытын ырылхайдык көрдөрбүтэ.

Ол түмүгэр, 2024 сыл кулун тутар 12 күнүгэр, Уопсай юрисдикциялаах 9-с кассационнай суут (Владивосток к.) СӨ Үрдүкү суута Анатолий Чомчоевы быһаҕынан анньан өлөрө сыспыт Дмитрий Ермолов сайабылыанньатыгар таһаарбыт быһаарыытын «элбэх холуобунай-процессуальнай кэһиилэрдээҕин» иһин көтүрэргэ уонна буруйданааччы Ермолов Дьокуускай куорат суутун бириигэбэригэр үҥсүүтүн саҥа састаабынан хаттаан көрөргө быһаарбыта. Онон, инники этиллибитин курдук, 2024 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр судьуйа Посельскай бэрэссэдээтэллээх СӨ Үрдүкү суутун кэллиэгийэтэ Дьокуускай куорат суутун бириигэбэрин уларыппакка оннунан хаалларда. Албакааттар санааларын кылгатан таһаарабыт.

Албакаат Аскар Жунусов: – Биһиги буруйданааччы оҥорбут дьайыыларын көмүскэнии быһыытынан сыаналыырга төрүөт суоҕун дакаастаатыбыт. Ону кытта Үрдүкү суут кэллиэгийэтэ сөбүлэстэ. Холуобунай дьыала матырыйаалларыгар баар дакаастабыллар эмсэҕэлээччи А.И. Чомчоев тыыныгар тура сатааһын баарын көрдөрөллөр. Онон, кини саба түһээччи дьайыыларыттан көмүскэнэргэ күһэллибитэ өйдөнөр. Маны сэргэ, буруйданааччы А.И. Чомчоевы, киниэхэ туох да кутталы үөскэппэтин үрдүнэн, түөскэ быһаҕынан анньыбыта биллэр. Бу хайдах даҕаны көмүскэнии быһыытынан билиниллиэн сатаммат.

Буруйданааччы туттубут уһуктаах бирэдимиэтэ, эчэтии быһыыта-майгыта, кээмэйэ уонна түбэһиитэ – барыта кини Чомчоевы соруйан ыараханнык бааһырда сатаабытын дакаастыыр. Ол иһин куорат суута кини дьайыытын сөпкө ХК 111 ыстатыйатын 2 чааһын «з» пуунугар сөп түбэһиннэрбитэ.

Онон, апелляциялыыр инстанция Дьокуускай куорат суута Ермолов Д.Н көҥүлүн 3 сылга быһан уопсай режимнээх холуонньаҕа ыытарга бириигэбэрэ сөптөөҕүн бигэргэттэ. Маныаха, Үрдүкү суут буруйданааччы хаайыллан олорбут уонна көннөрөр үлэҕэ сылдьыбыт кэмин көҕүрэтиэҕэ.

Албакаат Николай Кысылбаев: – Буруйданааччы албакаатын биэрсийэтинэн, Д.Н. Ермолов соҕотоҕун кустары ытыалыы барбыт. Ол эрээри тоҕо эрэ, бултуур сиргэ буолбакка, адьас туора, хаҥас диэки турар А.И. Чомчоев дьиэтигэр тиийбит. Дьиҥэ, кини бултуур сир ханан баарын аһара бэркэ билэр эбит. «Урут итиннэ хаста даҕаны кустаабытым» диэн бэйэтин көрдөрүүтүгэр этэр. Ол эбэтэр, кини А.И. Чомчоев дьиэтигэр травматический бистэлиэт (чугастан өлөрөр кыахтаах итальянскай «Tanfoglio» Inna 9 мм) кыбыныылаах туох сыаллаах-соруктаах барбыта өйдөнөр.

Салгыы Ермолов кырдьаҕас киһини быарга уонна сирэйгэ сутуругунан охсор, онтон дьиэтин диэки куотан истэҕинэ хаста да кэнниттэн ытыалыыр. Бу быһылаан буолбут сиригэр чинчийии боротокуолунан бигэргэнэр. Буруйданааччы адбакаата Чомчоев ыппытыгар шлагбаум диэки куотан иһэн ыппыт курдук оҥоро сатыыр. Оччотугар, терраса тааһыгар буулдьа суола төрүт да суох буолуох этэ. Ермолов Чомчоевы куотан истэҕинэ кыҥаан туран ыппытын буулдьалар биир сиргэ чөмөҕүнэн түспүт суоллара туоһулуур. Куотан иһэн ытар киһи хайдах да итинник суоллары хаалларбат.

Итини барытын бастакы инстанция суута силиэстийэлээн быһаарбыта. Онон, Д.Н. Ермолов А.И. Чомчоевы сорунан туран эчэппитэ биллибитэ. Буруйданааччы бэйэтин көрдөрүүлэригэр төһө өр охсуспуттарын да кыайан эппэт: «аҕыйах сөкүүндэ охсуспуппут, онтон көмүскэнээри быһаҕынан анньыбытым уонна өйбүн сүтэрбитим» диир. Оттон А.И. Чомчоев быһаҕынан анньылыы таһынан өссө атын эчэйиилэрдээх эбээт. Ермолов аҕыйах сөкүүндэлээх охсуһууга итиччэ элбэх эчэйиини хайдах оҥоруой?

Онон, Д.Н. Ермолов сымыйа көрдөрүүлэри биэрбитэ өйдөнөр. Онно тэҥнээтэххэ, А.И. Чомчоев көрдөрүүтэ хара маҥнайгыттан дьэҥкэ уонна бигэ.

«Көҥүл» олоҕу сөбүлүүр Ермолов тугу эмэ көҥү көтүө дуо?

«Кыым» хаһыат Чомчоев дьыалатын көтүппэккэ сырдатта. Суруналыыстар Владимир Степанов, Нина Герасимова, Туйаара Сиккиэр, Күндэли суруйуулара утум-ситим тахсыбыттара. Анатолий Игнатьевич доҕотторо, олор истэригэр ыаллара – уопсастыбанньык Екатерина Слепцова уонна Марина Платонова-Хомпорууна суут мунньаҕын биири да көтүппэккэ сырыттылар, сырдаттылар.

Чомчоев суутун бары мунньахтара «аһаҕастык» барбыттара. Ол эрээри аҕыйах киһилээх да мунньахтарга, миэстэ тиийбэт диэн ааттаан, сорох дьону киллэрбэтэхтэрэ. Оннооҕор судьуйа Окороков эмсэҕэлээччи төрөппүт уолун – бэрэстэбиитэлинэн анаммыт Игнат Чомчоевы саалаттан холдьоҕон таһаарбыта элбэҕи этэр. Манна даҕатан, билигин аан дойду барыта кэтээн көрөр Бишимбаев дьыалатын Казахстан суута хайдах курдук аһаҕастык быһа эпииринэн көрдөрө турарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ону кытта тэҥнээтэххэ, биһиги «аһаҕастык» барар сууттарбыт аатыгар эрэ аһаҕас курдуктар.

Холуонньаҕа барбыт Ермолов алта ый иһигэр 9-с Кассациялыыр суукка сайабылыанньа ыытар бырааптаах. Дьону атаҕастыыр адьынаттаах, «ууттан кураанах тахсарга» үөрэммит, барбах эрэ Росгвардия массыынатынан тиэллэр «бистэлиэттээх уонна быһахтаах кусчут» бэриллэр быраабын туһанара чахчы. Эдэр сылдьан иккитэ холуобунай дьыалаҕа тардыллан баран кэһэкэнэ буолбатах эрэт «бу да сырыыга мүлчү туттарыам» диэн санаатын ыһыктыбат.

Бэйэтиттэн икки төгүл улахан, эдэр уонна күүстээх, ол эрээри арыгылаан мөлтөөбүт «адьырҕа» сэймэктээһиниттэн чөл өйүнэн, күүстээх санаатынан, байыаннай уопутунан эрэ тыыннаах ордубут Анатолий Игнатьевич, дойду, өрөспүүбүлүкэ, бар дьон иннигэр элбэх үтүөлээх буолан, норуот өйөбүлүн толору ылан, эрэх-турах сылдьан, аныгы суут-сокуон уһулуччута суох үлэтин иһиттэн биллэ, тиһэҕэр диэри кииристэ. Түмүккэ төрөппүт уолун Игнат Чомчоев санаатын быһа тардан таһаарабыт.

Аҕам бырайыактара олоххо киириэхтэрин баҕарабын

— Аҕабын ыараханнык эчэтиигэ барыта түөрт улахан суут буолан ааста. Итилэр биирдии эрэ мунньаҕынан түмүктэммэттэр, элбэхтик буолаллар. Хас биирдии мунньах биһиги дьиэ кэргэн олоҕор, уйулҕатыгар улахан охсууну оҥорор. Ол алдьархайдаах түүнү хаттаан саныырга күһэллэбит, долгуйабыт. Ермолов албакааттара төрөппүттэрим утары үс холуобунай дьыаланы тэрийтэрэ сатыыллар. Маннык кэрээнэ суох дьон най барыыларын тохтоттоххо табыллар.

Биллэн турар, кыл мүлчү тыыннаах хаалбыт 72 саастаах аҕабар олус ыарахан. Ону идэтинэн биллэрбэккэ буола сатыыр. СӨ Үрдүкү суута сыыһа быһаарыыны таһаарар мунньаҕар, эпэрээссийэлэммит буолан, кыайан сылдьыбатаҕа. Ермолов саба түһээччиттэн көмүскэнээччигэ кубулуйбутун кэннэ, доруобуйатын, бырайыактарын да умнан туран, эмиэ дьыала матырыйаалларын үөрэтэргэ күһэллибитэ. Балыыһаҕа иккистээн көрдөрүнэ киириэхтээх этэ да, кассация уонна бу апелляция сууттарыгар сылдьаары аккаастаммыта. Күүстээх охсууттан доргуйбут быара, быһаҕынан дириҥник бааһырыыта нүөлүйэн ыалдьаллар. Ийэбит Диана Васильевна эмиэ улахан истириэскэ сылдьар, быһылаан кэннэ дабылыанньата үрдүүр буолла.

Ол да буоллар, албакааттарбыт Дягилев Е.Т., Кысылбаев Н.И., Жунусов А.Ж. көмөлөрүнэн син биир кыайдыбыт. Кинилэргэ дьиэ кэргэним аатыттан улахан махталбын биллэрэбин. Оттон күндү аҕабар чэгиэн туруктаах сылдьан бырайыактарын олоххо киллэрэригэр баҕарабын.

Суут хаамыытын сырдатта КҮНДЭЛИ

Для отправки комментария вам необходимо авторизоваться.
Другие обсуждения