Кому за...
42
0

Тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйатын нэһилиэктэргэ биэриэххэ.

Тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйатын нэһилиэктэргэ биэриэххэ.

Бэҕэһээ «Олох үөһүгэр» биэриигэ 2024 сылга үүт соҕотуопкатын туһунан кэпсэтии буолла.
Тыа хаһаайыстыбатын тематыгар куруук кыттар Уйбаан Пономарев куруук даҕаны этэрин курдук, кэтэх ыал ыанар ынаҕын төбөтүгэр 35 тыһыынча бэриллиэҕиттэн ылата кэтэх ыал туттарбат буолан, үүт тутуута аҕыйаата, урут 80 тыһыынча тонна үүтү соҕотуопкалыыр буоллахпытына, 62 тыһыынча тоннаҕа түһэрэн үүт — ас бородууксуйатын аҕыйаттыбыт диэн санаатын этэн кыттыста.
Ону таһынан кэтэх ыал ыанар ынаҕын төбөтүгэр билигин 39 тыһыынча бэриллибитинэн ыанар ынах төбөтө кыччаата диэччилэр эмиэ бааллар.
Үчүгэйдик ырытан көрдөххө 2020 сылга ТХМ-тэ республика улуустарыгар барыта холбоон, 70 тыһыынча ыанар ынах баарыгар олоҕуран, 80 тыһыынча тонна үүт былаанын тиэрдибит.
Ол эбэтэр 70 тыһыынча ыанар ынах 100% төрөөн, хас биирдии ыанар ынахтан биирдии тонна үүт тутуллубутун көстөр, дьиҥэр саамай үчүгэйэ ортотунан 80% ити баар ынахтан төрөөбүт буоллаҕына, 56 тыһыынча ыанар ынах ууланан төрөөбүт буолуон сөп этэ, аны мантан ньирэйдэрэ эмэллэр, ыаллар бэйэлэрин аһыылларын эмиэ хаалларыналлара диэн эмиэ баар, 56 тыһыынча ынахтан 80 тыһыынча тонна үүт тутуллубута буолуо диэн киһи саарбахтыыр көрдөрүүтэ.
Аны ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһыынча бэриллэр буолбутун даҕаны үрдүнэн, тоҕо ыанар ынахпыт төбөтө эбиллибэт, өссө кыччыыр курдук диэн этиилэр эмиэ бааллар.
2020 сылга дылы республика үрдүнэн баар 70 тыһыынча ыанар ынах төбөтө эмиэ хаһан даҕаны эбиллибэтинэн, хаһан даҕаны кыччаабатынан сыаналаан көрдөххө, бу 70 тыһыынча ыанар ынах төбөтө 80 тыһыынча тонна үүтү улуустарынан тыырарга хас биирдии улуус статистика управленийатын отчуотугар киирбит сыыппара эрэ буолуон сөп курдук.
Тоҕо диэтэххэ, 2011 сылга Республика статистика, ветуправление, ТХМ-тин отчуоттара тус туһунан көрдөрүүлээх буолан, хаһыакка ол туһунан улуустар көрдөрүүлэрэ бэчээттэнэн, ТХМ хонтуруоллуур биригээдэтэ улуустарынан бэрэбиэркэ оҥорбута, Үөһээ Бүлүү улууһугар ТХМ-тин Сүөһү иитиитин салаатын департаменын салайааччыта Станислав Федоров салалталаах комиссия кэлэн, нэһилиэктэринэн ыал хотоннорун аайы киирэн, ынах сүөһү төбөтүн ааҕан, улуус статистикатын, ветеринарнай, тыа хаһаайыстыбатын управленийаларын сыыппаралара биир тэҥин дакаастаабыт буоллаҕына, Хаҥалас улууһугар 2 тыһыынчаттан тахса ынах сүөһү төбөтө статистика отчуотугар эбии сурулла сылдьарын, ТХМ комиссийата быһаарбыта, маннык курдук көрдөрүүлэр Илин Эҥээр улуустарыгар бааллара көстүбүтэ.
Онон кэм кэрдиис, сыл — хонук ааһар даҕаны ол кэмнээҕи сыыппаралар элбэҕи кэпсииллэр.
Ким мөккүһүөн баҕарбыт, ол кэмнээҕи дааннайдары хасыһан булан ылыан сөп.
Республика Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2021 сылга кэтэх ыал ыанар ынаҕын төбөтүгэр 35 тыһыынча субсидийа биэрэн, хас биирдии ыанар ынахха харчы бэриллэн, ыанар ынах төбөтө олох чуолкайданан, били статистика салаатыгар 80 тыһыынча тонна үүтү үллэстэргэ эбии сурулла сылдьыбыт кураанах сыыппаралар көҕүрээн тахсыбыттара өйдөнөр.
Аны Уйбаан Пономарев этэр 62 тыһыынча тонна үүтүн соҕотуопка тэрилтэлэрэ туппуттара буолуо дуо? — диэн боппуруос үөскээн тахсар.
70 тыһыынча ыанар ынахтан 39 тыһыынча ыанар ынах төбөтүгэр 37 тыһыынчанан субсидийа бэриллэн, кэтэх ыал үүт туттарбаттар диэн ким ити кэтэх ыалы өйүүр механизм сыыһа диэччи бары бэҕэһээ «Олох үөһүгэр» биэриигэ эмиэ эттилэр.
Бааһынай уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбаҕа турар 31 тыһыынча ыанар ынах 100% төрөөн хас биирдии ынахтан 2 тонна үүтү туттаран, 62 тыһыынча тонна үүт тутуллубута буолуо диэн эмиэ дьиктиргиэххэ эмиэ сөп курдук.
Өскөтүн 31 тыһыынча ыанар ынахтан ортотунан 80% төрөөбүт буоллаҕына 25 тыһыынча төрөөн, үүт туттуллуон сөп курдук буолан тахсар, Американы арыйбакка, көрөн туран эттэххэ.
Республика үрдүнэн 2023 — 2024 сыл эрэ кыстыгар этэҥҥэ кыстыгы туораан эрэбит. Ол иннигэр Амурскай уобаластан көмүс сыаналаах оту тиэйэн аҕалан кыстыгы туораабыт сылларбыт эмиэ баар этилэр.

Для отправки комментария вам необходимо авторизоваться.
Другие обсуждения