Бүрээт хорсун уола Владимир Укоевы “Донбаска Саха сирин тирэх пуунун бэтэрээнэ” диэтэххэ, сыыстарбатым буолуо. ДНР-га быстах мобилизация саҕаланыа сыл аҥаарын иннинэ кэлиэҕиттэн икки сыл ааһан эрэр. Саха сирин ис сүрэҕиттэн таптыыр дьиҥнээх патриот. Массыынатынан Украина сирин устун күннэри-түүннэри өрөспүүбүлүкэ байыастарын хааччыйыыга, онно үлэлиир дьоммутун таһыыга төһөлөөх тыһыынчанан биэрэстэни сүүрдүбүтэ буолла? Ааҕар буоллар, Сир саарын хаста эмэ эргийбитэ чахчы.
Сынньанары билбэт үлэһит
Кини олоҕун суола ханнык баҕарар эдэр киһи киэнин курдук. Бүрээтийэҕэ төрөөбүт, төрөппүттэрэ 1998 с. Дьокуускайга көһөн кэлбиттэр, куоракка улааппыт. Ийэтэ түөрт сыллааҕыта өлбүт, аҕата баар эбит. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр саамбаһыт, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр призёрдара, бойобуой саамбаҕа тириэньэр. Саамбанан аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан үлүһүйбүт. Донбаска иккис сырыыбар: “Володя, эн эдэр киһигин, манна үчүгэй кыыһы буллаххына, ыал буолан, Ростовка дуу, Донбаска дуу олохсуйа хааларыҥ буолуо?” – диэн ыйытабын. Уолум: “Суох, мантан ойох ыллахпына, Саха сиригэр илдьэбин. Дьокуускайга эрэ олоруохтаахпын”, – диэн, ыччат дьоммут соҕуруу талаһаллара элбээбит кэмигэр, дойдумсаҕынан соһутта.
Володя саха тылын үөрэтэ сылдьар эбит.
Сынньанары билбэт үлэһитин былырыын олунньуга бара сылдьарбар бэлиэтии көрбүтүм. Түүн да, күнүс да буоллун – Володя массыыната сүүрдэргэ өрүү бэлэм. “Алдьаммыт үһү” диэн истибэтэҕим. Сороҕор “утуйар дуу, суох дуу?” дии саныах курдуккун. Фрону кэрийэн баран, дьону илдьэ Ростовка түүн үөһэ тиийэр. Сарсыарда 4–5 чааска төттөрү бараары, кэлэн, уһугуннаран илдьэр. Айаныгар “утуктаатым, сылайдым” эҥин диэн хаһан да үҥсэргээбэт. Ол быыһыгар “Саха сирин военкордара” телеграм-ханаалга блогердыыр. Кинини биллэр военкор Семен Пегов “WarGonza” хайгыыр. Үлэтигэр, чахчы, массыына курдук тиргиллэр.
Донбасс эппиэтинэһи эрэйэр
Кини Донбаска 2022 с. саас өрөспүүбүлүкэ ДНР Кировскай куоратын чөлүгэр түһэрии саҕаланыыта СӨ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ А.С. Федотовы кытта хомондьуруопкаҕа кэлсибит. Устунан онно хаалан, куораты чөлүгэр түһэриигэ үтүө суобаһынан үлэлээбит. Онтон мобилизация буолбутугар, Саха сирин буойуннарыгар көмөлөһөр тирэх пууннары арыйыы саҕаламмытыгар, билигин “Биир ньыгыл Арассыыйа” СӨ салаатын ситэриилээх дириэктэринэн үлэлиир Сулустаан Заболоцкайдыын баҕа өттүнэн тирэх пууҥҥа үлэлии хаалбыттар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр эрэ ДНР, ЛНР сиринэн элбэхтэ сылдьыбыттар, үөрүйэхтэр, маршруттары, суоллары, блокпостары ааһары эҥин барытын билэр уопуттаахтар эбит. Владимир Укоев билигин да төннүөн баҕарбат. “Үлэ элбэх, күн аайы араас маршрутунан айанныахха наада, саҥа кэлбит киһи уһуннук үөрэнэр, оттон биһиги манна барытын билэбит”, – диир.
В.Укоев билиҥҥи бэрээдэгинэн тирэх пууҥҥа дьон икки ый эрэ үлэлээн баралларын “арыый сыыһа дьаһал” диир. Тирэх пуун үлэтэ, чахчы, туохха да майгыннаабат ураты. Саҥа суоппар ый кэриҥэ “гуманитарканы”, баһыылканы байыастарга тиэрдэр суоллары билэр, Арассыыйаҕа саҥа холбоспут эрэгийиэннэр суолларынан сылдьарга үөрэнэр. Дьэ, билэн, өйдөөн, үчүгэйдик үлэлээн истэҕинэ, икки ыйа туолан төннөр.
Мин тирэх пууҥҥа сэтинньи бүтүүтэ сылдьарбар, өр үлэлээбит уопуттаах суоппардар кини уонна Ньурбаттан Игорь Попов хаалан сылдьаллара. Маршруту үчүгэйдик билии улахан суолталаах. Чаастар, пуолкалар, биригээдэлэр дэриэбинэлэринэн сыталлар. Онно балаһыанньа тыҥааһына суох буоллаҕына, сынньанар сирдэригэр илдьэн биэрэллэр. Улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара кэлэ сырыттахтарына, кинилэри арыаллаан чаастарга тиийиигэ, байыастарга инники кирбиигэ баһыылканы тиэрдиигэ, сүрүннээн, бу икки уол үлэлии сылдьаллар.
Үлэтин туһунан кылгас интервью
– Володя, инники киирбиигэ бараргытыгар байыастары кытта хайдах сибээстэһэҕитий?
– Тирэх пууҥҥа ким ханна баарын уопсай базата баар. Миэстэлэрэ уларыйа сылдьар, окуопаҕа сыталлар эбэтэр сынньана тахсаллар. Ол иһин барыах иннинэ хайаан да чуолкайдыыбыт. Баһыылка, таһаҕас илдьэргэ ханна, хаһан көрсөрбүтүн үчүгэйдик болдьоһобут. Ол эрээри сэрэхтээх, ханна барытыгар тиийбэккин, өстөөх сэнэрээттэрэ, ракеталара түһүөхтэрин син.
– Ытыалааһыҥҥа түбэспитиҥ дуо?
– Хаста да. Бастаан утаа, чахчы, куттанаҕын, онтон үөрэнэн хаалаҕын. Манна ойуур суоҕун кэриэтэ. Онон ытыалааһыны биллэххинэ, массыынаҕын талахтары, кыра мастары булан саһыаран баран, тэйиччи бараҕын. Массыынаны бастакынан ыталлар. Биирдэ үс чааһы быһа саһан олорбутум, онтон массыынабын ылан баран, сорудахпын толоро барбытым. Этэҥҥэ эргиллибитим.
– Дроннарынан көрдүүллэр дуо?
– Ыраахтан туох хамсыырын дрон барытын көрөр кыахтаах. Сорохтор уон төгүл улаатыннараллар. Байыаннайдар да саллан айаннаабат сирдэринэн түргэнник ааһааччыбыт.
– Өрөбүлгэ сынньанаҕыт дуо? Айаҥҥа хайдах сылдьаҕыт?
– Суох, үлэ тохтоло суох барар. Сууккаҕа биһиэннэрэ баар сирдэригэр, Херсон уобалаһыгар тиийэ, 600–800 км сүүрдэбит. Маршруттарбытын 3–4 сиргэ киирэн тахсар гына бэлэмниибит. Сороҕор массыына бадарааҥҥа батыллар, көлүөһэ тэстэр. Барытын бэйэҥ оҥороҕун, наадалаахпытын барытын илдьэ сылдьабыт. Манна наһаа тыаллаах, онон тыал курдарбат гына таҥнабыт. Бэйэбитин кытта каасканы, бронежилеты, сылаас таҥаһы илдьэ сылдьабыт. Тахсыахпыт иннинэ бойобуой субуокканы хайаан да көрөбүт: фронт уларыйбыт буолуон сөп. Ханна куттал баарын билэбит. Бэҕэһээ сылдьыбыт сиргэ бүгүн барарыҥ сатаммат буолуон сөп.
– Уурайан, дойдугар төннүөххүн баҕарбаккын дуо?
– Уоппускаҕа биирдэ бара сылдьыбытым. Биһиэхэ тирэх пууҥҥа хастыыта да эргиллэн кэлэн үлэлээбит уолаттар бааллар. Мантан барыахпытын баҕарбаппыт. Инники кирбии уолаттарын кытта ыкса сибээстэһэбит. Ханнык чаас ханан баарын, бэл, дьиэлэрин кытта билэбит. Манна дэриэбинэлэр бары биир курдуктар, майгыннаһаллар, иккилии хос ааттаахтар бааллар. Биһиги бардахпытына, саҥа дьон үөрэнэллэрэ эрэйдээх, уһун даҕаны.
– Өр сылдьаҥҥын, уолаттары кытта үчүгэйдик билистэҕиҥ, доҕордостоҕуҥ буолуо?
– Элбэх уолу кытта доҕордоһобун, бэйэ-бэйэбитин “бырааттыыларбыт” диибит. Доҕотторгуттан ким эрэ кыргыһыы хонуутугар охторо олус ыарахан. Хайыаххыный, Орто дойдуга букатын кэлбэтэх дьоммут.
Биһиэннэрэ кимэн киирэн, ДНР тирэх пууна иннин диэки баран, атын куоракка көһүө диэн эрэнэбит. Новоазовскай үлэлииргэ табыгастаах: хайа баҕарар диэки барарга суол-иис үчүгэй. Арассыыйа босхолообут сиригэр тута аспаал суолу тутар. Холобур, Бахмуту ылаат, үчүгэй суолу туппуттара.
– АБДь кэнниттэн тугу гыныаххыный?
– Дьокуускайга төннөн, Саха сиригэр бойобуой саамбаны сайыннарыам, федерация тэрийиэм, оҕолору дьарыктыам.
– Володя, кыайыы кынаттанан Сахаҥ сиригэр этэҥҥэ эргилин, баҕа санааҥ барыта туоллун!
Владимир Степанов
6 комментариев. Оставить новый
Үчүгэй оҕо эбит. Этэҥҥэ эрэ эргилиннэр.
китай не хочу
е могу ответить .
блокируют меня чуть больше букв и всё. Победы вам.
Это не китай, а второй государственный вроде.
Молодец брат.